Сырдык ааккытыгар сүгүрүйэбит

                Алтынньы 14 күнэ биһиги нэһилиэкпитигэр умнуллубат, кэрэ-бэлиэ кунунэн буолла. Бу сыл бэс ыйыгар Софрон Петрович Данилов аатынан Дьиикимдэ орто оскуолатын Бутун Россиятааҕы ыччаттарга ыытыллыбыт куонкуруска «Мы – наследники Победы» проега кыайыыны ситиспитэ. 

        Бу проекпыт сүрүн тутаах ааптардара Софрон Петрович Данилов аатынан Дьиикимдэ орто оскуолатын  учууталлара буолаллар: Максимова Маргарита Юрьевна – нуучча тылын учуутала, Заровняева Наталья Семеновна – биология уонна химия учуутала, Данилова Раиса Гаврильевна – история уонна обществознание учуутала.

       Проекпыт көрдүүр – чинчийэр сыаллаах Улуу Кыайыы 75 сылыгар ананан суруллубута. Бу былааннаммыт үлэбит дьоҥҥо сэргэҕэ, ыччакка патриотическай тыыны иҥэрэр дириҥ суолталаах үлэ буолар. Билиҥҥи туругунан Мытаахтан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт биир дойдулаахтарбыт туһунан информация кумааҕыга эрэ тиһиллэн сытар. Аныгы сайдыы тэтиминэн, архыыптанан хомуллубут матырыйааллары электроннай вариаҥҥаа көһөрүү үлэтэ ыытылынна. Өссө биир хайысхатынан учуутал салалталаах үөрэнээччилэринэн сураҕа суох сүппүт саллааттары интернет ситиминэн анал саайтар нөҥүө көрдүүргэ, чинчийэр үлэлэри көҕүлээһин буолар. Итиэннэ «Сырдык  ааккытыгар сүгүрүйэбит» диэн мемориальнай стендэ оҥоһуллан Кыайыы болуоссатыгар кэлэн турда. Бу киэҥ хабааннаах үлэбит олус дириҥ суолталааҕын өйдөөн тураммыт үлэбит түмүктэрдээх, кэнчээри ыччаппыт Кыайыы остуоруйатын үөрэтэ-чинчийэ туруохтара диэн эрэнэбит.

           Бу проект сурулларыгар күүс көмө буолбут Софрон Петрович Данилов аатынан Дьиикимдэ орто оскуолатын учууталларыгар, Мытаах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччытыгар Пахомова Евдокия Степановнаҕа, Марина Трофимовна Павловаҕа  уонна Горнайдааҕы социальнай политика  отделын специалиһыгар Семенов Семен Олеговичка барҕа махталбытын тиэрдэбит.           Стенданы дизайнаан, таҥан оҥордо ООО «Ректайм» тэрилтэтэ.

        Проект ааптардарыгар маннык кэрэ көстүүлээх стенданы бэлэх ууммуттарыгар улахан махталбытын тириэрдэбит. Кэнчээри ыччакка көрдөрүү, билиһиннэрии, дириҥ суолталаах үлэ буолар.          

       


 Проект ааптардарыгар, учууталларга баҕарабыт үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, сыралаах үлэҕит үрдүктүк сыаналаммытынан киэн туттабыт.